Основные результаты деятельности педагога

 

«Куоратчыт» уонна Ф.Ф.Постников – Арчы «Куоратчыт» диэн
кэпсээннэрин тэцнии тутан, улахан кылаас    о5олоругар « Ыал- а5атынан » диэн тема5а кэпсэтии уруогун кылгас былаана.

 Кэпсэтии сыала: Ыал а5ата дьиэ кэргэн сунньэ, туллубат тулааьын, тирэ5э, сирдьитэ, эрэлэ буоларын ейдееьун.
Соруга:
– о5о иитиитигэр а5а оруола куустээ5ин ейдетуу;
– уол о5о учугэй а5а буоларыгар ейдебулу ицэрии;
– о5о бэйэтин санаатын сааьылаан, ситимнээн, кецуллук сацарарын ситиьии.
Кэпсэтиигэ бэлэмнэнии:

  1. Плакаттар: «А5а о5отун туьугар тилэ5ин элэтэр» С.Васильев; «Эр киьи уьун санаалаах, киэц ке5устээх». (Эркиццэ ыйанар)
  2. Икки айымньыны эрдэ аа5ан, уерэтэн кэлии, тэцнээн, ырытан кэпсэтиигэ кыттарга бэлэмнэнии.
  3. Социальнай педагогы, психологы, медиги, кылаас салайааччытын кытыннарыы.
  4. «Ыал – а5атынан» диэн эрдэ суруллубут ейтен суруйуу быыстапката.
  5. Уруок тематыгар туьаныллар литература: - Иевлев Е.К. «Махтан, таптаа, эрэн», Попова Г.С. «Киьитийии сэьэнэ», Тумусов Ф.С. «Ыал Бии Билиитэ», Уткин К.Д. «Сах са5аттан», о.д.а.

О5олору беле5унэн арааран (КСО), эбэтэр уопсай куолаан кэпсэтиини тэрийиэххэ сеп.

1.Айымньы ис хоьооннорунан:
      – икки айымньынан урукку уонна билицци олоххо ыал а5атын тэцнии тутан ырытыы;
– дьиэ кэргэн эйгэтигэр а5а проблематын (арыгы, хаарты, куулэй) кэпсэтии;
– арыгы, хаарты, куулэй куьа5ан содулларын кэпсэтии;
 
     2. Маннык хабааннаах былаанынан кэпсэтэн, биир проблема5а кэлэбит – арыгы.
            Алампа «Арыгыґыт киьи муцнанара» (1924) хоьоонун холобурдаан ааьыахха сеп.
            Арыгы куьа5ан содулун туьунан медик, социальнай педагог, психолог иьитиннэриилэри оцороллор:
Медик вич, венерическэй о.д.а ыарыылар; соц. Педагог  арыгыттан сылтаан ыал арахсыыта, улэтэ суох буолуу о.д.а; психолог арыгыьыт киьи психиката о.д.а
     3. Бэсиэдэлэри истэн баран о5олор, айымньыга баар а5аларга туьаайан бэйэлэрин санааларын уллэстэллэр этэллэр, ырыталлар:

            – Ыстапаан, Даайа олохторо, бэйэ-бэйэлэригэр сыьыаннара
            – Айгылаан, Туйаара олохторо, бэйэ-бэйэлэригэр сыьыаннара
– Улэтэ суох ыал а5ата
– А5а о5олоругар сыьыана
            – А5алар куоракка киириилэрэ
– А5а харчыны сатаан туттуута
            – Куьа5ан дьаллыктарынан алдьархайга тиийиилэрэ, о.д.а.

    4. О5олор кэпсэтиилэрин учуутал маннык ыйытыктарынан ситэрэн –хоторон, дирицэтиэн сеп:
            – куьа5ан быьыы, сиэр-майгы сатарыйыытын терде туохха сытарый?
            – общество, государство Ыстапаан, Айгылаан курдук боростуой дьон сайдалларыгар тугу тэрийиэхтэрин себуй?
            – ацардас общество5а сигэнэр сеп дуо?
            – Ыстапаацца, Айгылаацца кенер суолга уктэнэллэригэр туох субэни биэриэххэ себуй?
            – бу дьон чахчы кенуехтэрин ба5арар буоллахтарына, бэйэлэрин еттуттэн кэргэннэригэр, о5олоругар тугу гыныахтарын себуй?
            – учугэй а5а хайдах буолуохтаа5ый?
            Кэпсэтии кэмигэр о5олор санааларын этиилэрин кэнниттэн специалистар септеех хайысханы, субэни этэн санааларын эмиэ уллэстиэхтэрин сеп. Нэьилиэк бастыц а5аларын холобурдуур то5оостоох.
      5. Кэпсэтии тумугунэн куьа5ан быьыы, сиэр-майгы сатарыйыыта киьиттэн бэйэтиттэн тутулуктаа5ын о5о ейдеен тахсыахтаах. А5а айыллыбыт айылгытын, тиксибит аналын толору тутар, илдьэ барар эрэ буолла5ына, ыал туруга кенер, бе5ергуур кыахтаах. Уол о5о олоххо миэстэтин булунарыгар а5а бэйэтин быґыытынан-майгытынан, холобурунан иитиэхтээх, уктэл, тирэх буолуохтаах. О5олор бу кэпсэтии тумугуттэн учугэй а5а хайдах буолуохтаа5ын туьунан, арыгы, хаарты, куулэй учугэйгэ а5албатын ейдеен тар5аьыахтаахтар.
           
Туьаныллыбыт литература:

  1. Иевлев Е. К. Махтан, таптаа, эрэн. – Дь; 2002 с.
  2. Попова Г. С. – Санаайа. Киьитийии сэьэнэ. – Дь; 2006 с.
  3. Постников Ф. Ф. Сардаца курдук ыраастык олор. – Таатта; 1999 с.
  4. Семенова В. Г. Алампа – кэпсээнньит. – Чолбон; с.22 №11 2006 с.
  5. Софронов А. И. Талыллыбыт айымньылар. – Я; 1965 с.
  6. Тереебут тыл уонна литература. – №1 2006 с.
  7. Тумусов Ф. С. Ыал Бии Билиитэ. – Дь; 2001 с.
  8. Уткин К. Д. Сах са5аттан. – Дь; 2000 с.
  9. Шишигина В.Р., Кузьмина М.П., Кривошапкина В.С. «О5о бэйэтигэр туhаайыылаах үөрэх». Саха тылын уонна литературатын учууталларыгар көмө. Дь., 2004.

Бу кэпсэтии уруога о5о5о туох сатабылы ицэрэрэ, уруок кедьууьэ
Саха тылын уонна литературатын уруоктарыгар ситимнээх сацаны сайыннарарга улэ биир хайысхатынан кэпсэтии уруога буолар. Кэпсэтии уруогар уерэнээччилэр тулалыыр эйгэ, дьицнээх олох темаларыгар кэпсэтэн,санааларын атастаьаллар, бэйэлэрин ба5аларынан сацаран, меккуьэн тереебут тылларын улам баьылаан, хомо5ой тылга уерэнэллэр. Уруокка уерэнээччи хайдах ейдуурун,саныырын туьунан сэьэргэьэ,санааны этэ, ону тэцэ ситимнээн суруйарга уерэниэхтээх.Кинилэр бэйэлэрин ис кехтеруттэн угустук сацара,санааларын атастаьа этэ уерэнэллэригэр кэпсэтии уруога улахан суолталаах.Саха литературатын теруттэспит, мацнайгы драматург, поэт, прозаик А.И.Софронов – Алампа айымньыларыгар кестер сиэргэ, сигилигэ сыьыаннаах еруттэри о5олорго арыйыы  кинилэр олоххо хайысхаларын сепке булуналларыгар кемелеьер.
            Алампа «Куоратчыт» кэпсээнин теье да кыра кылааска аахталлар, аны улахан кылааска тахсан бу кэпсээни атын ейунэн-санаанан ырыталларын, кэпсэтиьэллэрин ситиьэргэ кыьаллабын. Олохтоох автор, Россия суруйааччыларын союьун чилиэнэ Ф.Ф.Постников – Арчы «Куоратчыт» кэпсээнин уруок таьынан аа5ыыга билистибит. Бу икки айымньынан урукку уонна билицци олоххо ыал а5атын тэцнии тутан, «Ыал – а5атынан» диэн учугэй ыал а5ата хайдах буолуохтаа5ын туьунан кэпсэтии уруога ыытылынна.
            А5а – дьиэ кэргэн баьылыга, тирэ5э, иитэр-аьатар, керер-харайар, эрэнэр киьитэ. Саха еьун хоьоонугар «Эр киьи уьун санаалаах, киэц ке5устээх» диэн терут былыргыттан кун бугуццэ диэри бэргэнник этиллэр.
            Бу икки суруйааччылар кэпсээннэригэр дьиэ кэргэн оло5о дьэцкэтик кестер. Кэпсээннэр ис хоьоонноро майгыннаьар эрээри, олорбут олохторун бириэмэтэ атын. Ол гынан баран, кэпсээццэ арыгы, хаарты, куулэй проблемалара биирдик турар. Уерэнээччи уруок тумугуттэн куьа5ан быьыы, сиэр-майгы сатарыйыыта киьиттэн бэйэтиттэн тутулуктаа5ын  ейдеен тахсыахтаах.

Саха литературата, 5 кылаас

            Уруок темата: «Чооруона-сэрии кэмин о5ото»
Уруок сыала-соруга: Айымньы ис хоьоонуттан сэрии кэмин о5отун уонна билицци о5о олохторун тэцнээн керуу.Тулалыыр дьоццо харыстабыллаах сыьыацца,сиэрдээх майгыга иитии.О5о толкуйдуур, сацарар дьо5урун сайыннарыы
Уруок хаамыыта:
1. Уhугуннары,турукка киллэрии.
            Учуутал сэрии алдьархайа о5о сааска охсуутун,сэрии кэминээ5и о5о оло5о хайдах эбитин айымньы ис хоьоонунан :
Сэрии диэн тугуй, Чооруона то5о со5ото5уй, Чооруона чугас киьитин,а5атын, суруктарын ис хоьооно …кэрчик, кылгас ыйытыыларынан   уруокка кэпсэтэр темабыт ким туhунан эбитин быьаарыы.
            2.Матырыйаалы кытта үлэ. (КСО ньыматынан белехтерге арааран улэлэтии)
-Ырытыы.Чооруона а5атын суругун ырытыы: «Ейдее,эн суостаах-суодаллаах сэрии о5ото5ун естее5у утары кыралыын улаханныын бары охсуьабыт:саанан-саада5ынан,улэнэн…»

3.Тэцнээн керуу. Дьууллэьии.

            -Чооруона оло5о хайда5ый?                        -Мин оло5ум хайда5ый?
       
Чооруона                                                                                    Биьиги
  Учугэйдик уерэнэр
Уоьа хатарыар дылы улэлиир
Илиититтэн хаан о5уолуор диэри улэлиир
Еребул кун улэлии барар
Кырдьа5аска кемелеьер
Куну быьа аьаабакка  улэлиир
Ардахха улэлиир
Ытын  ейдеех гына ииппит

Санаа атастаhыы ,ырытыы түмүгэр Чооруона уонна мин оло5ум атын эбит,барыта –сэрии алдьархайа диэн санаа5а кэлии.
 4.Айар улэ .
Чооруона5а сурук.Чооруонаны билигин баар курдук санаан, бэйэ5ит олоххут, оскуола5ыт, уерэххит, сонуццут туьунан беле5унэн улэлээн баран, тэцнээн керуу, айар улэни дьүүллэһии.
  5. Уруок түмүгэ.
- Уруок тематын таhаарыы;
- Чооруона-сэрии кэмин о5ото
-Чооруона уонна мин оло5ум
- Уhуктубут иэйиилэр.
6. Дьиэ5э сорудах.
Чооруона со5отох,тулаайах хаалла. Сал5ыы кини оло5о хайдах буолбута буолуой. - Өйтөн суруйуу
7.Yлэ түмүгэ (рефлексия)
 
Тема:  Саха тылын былыргы историят  (8 кылаас )
Уруок тирэ5э:
« Норуот тыла- норуот  туох баар  оло5ун- дьаьа5ын толору кестуутэ, кини культуратын,еркен ейун кундукылаата буттуутэ тумуллубут музейа буолар» ( Э.К. Пекарскай)
Уруок сыала-соруга:
Туур омук историятын  кытта билсиьии
Биир теруттээхпитин,тылбыт майгыннаьар ерутттэрин билии
О5о кэпсиир дьо5урун, ситимнээх сацатын сайыннарыы
Уруок формата: интегрированнай уруок - саха тыла, история предметин сибээьин PowerPoint-2007 программанан кердеруу.
ТСО: Видеоматырыйааллар, карта, проектор, компьютер
Уруок  хаамыыта:

  1. Киирии тыл.

Ханнык ба5арар норуот тылыгар кини олорон ааспыт  былыргы историята кестер. Ол курдук  саха тыла  туур омуктары кытта биир теруттээх

  1.  Туур омуктар историялара- (история учуутала Максимова М.В. кылгас иьитиннэриитэ))

 А)Туур омук диэн кимий -Слайд
 Б)« Ураанхай сахалар» документальнай киинэттэн быьа тардыы-     видеомонтаж
 В) Туур омугу уерэппит учуонайдар –Слайд
 Г)  Тюрколог Н.К.Антонов,историктар  А.Н.Алексеев, А.И.Гоголев видеоинтервьюлара

  1. Тюрк омуктар тылларын майгыннаьар еруттэрэ (саха тылын учуутала Николаева А.П. иьитиннэриитэ)  

     А)Туур омуктар майгыннаьар тыллара- Слайд
     Б) Саха тыла уруулуу тыллардаах (уерэнээччи иьитиннэриитэ).
4. Уус-Таатта5а олорор туур омуктар.
А)Туваттан  теруттээх  кийиит Турчина А.К.тува тылын туьунан иьитиннэриитэ.
Б)Алтайтан теруттээх кутует Иркитов М.С., кини кыыьа уерэнээччи Иркитова Оля алтай тылын туьунан  иьитиннэриилэрэ.
      5.Тумук.
Тыл диэн норуот историятын музейа буолар. Тылы уерэтии норуот ааспыт историятын билэргэ кемелеьер.
6.  Уруоктан тугу ейдеебуттэригэр  рефлексия (тылынан, суругунан)

Туьаныллыбыт матырыйаал:
1.Гоголев А.И. История Якутии ( Обзор исторических событий до начала ХХ в.).-Якутск,  Изд-во ЯГУ, 1999.201 с.
Ксенофонтов Г.В. Ураанхай-сахалар.Очерки по древней истории якутов. Том 1,1-я книга-Якутск:  Нац.изд-во, 1992.-416 с.
2.Ксенофонтов Г.В. Ураанхай-сахалар.Очерки по древней истории якутов. Том 1, 2-я книга-Якутск: Нац. Изд.-во. 1992.-320 с.
3.Окладников А.К. История Якутии. Том 1.Прошлое Якутии до присоединения к русскому государству. Под редакцией Бахрушина. Якутск, 1949. 439 с.
4.Пестерев В.И. История Якутии в лицах. Я: Бичик, 2001
5.«Педагогические мастерские: Интеграция отечественного и зарубежного опыта». Спб., издат. «Центр пед. опыта», 1995.
6.Пекарский Э.К. Словарь якутского языка,1959