Уерэнээччи личность быьыытынан сайдарыгар кини олох араас еруттэрин арааран билэр, бэйэтин уонна дойдутун телкетун ырытар,толкуйдуур,сыымайдыыр ,быьаарар сатабылларыгар оскуола сурун олугу биэрэр. О5о олох муудараьын,киьи сиэрин,норуот угэстэрин литература уруоктарыгар ырытар,толкуйдуур,быьаарсар. Кырдьык да5аны,литература-олох муудараьа, киьини киьилии сиэргэ-майгыга сирдиир утуе еруттээх уерэх. Биьиги норуоппут уус-уран литературата фольклортан, нуучча классическай литературатыттан силистэнэн уескээбитин билэбит. Саха фольклора, литературата, билинни кэм бастын литературнай айымньылара норуот угэьин,историятын, киьи майгытын, таптал, елуу, олох туьунан норуот ейдебулун инэринэ сылдьаллар. Ону о5олорго арыйыы, ол сатабылы ылыналларыгар уерэтии кинилэр олоххо тустаах суолларын сепке булуналларыгар кемелеьере саарба5а суох. Ол иьин тереебут литератураны оло5у кытта ситимнээн ,тэцнии тутан уерэттэхпинэ эрэ, мин уерэнээччим уус-уран литератураны себулуе , аа5ар,суруйар,айар дьо5урун сайыннарыа, олох умсул5аныгар тардыьыа, общество5а туьалаах киьи –личность буола улаатыа.
Саха литературатын учууталлара суруйааччы айымньытын мындырдаан керен ырытар, уеэнээччилэргэ тириэрдэр соруктаах улэлииллэр. Кинилэр тыл культуратын толору баьылаан, айымньы ис хоьоонунан уерэнээччи кыа5ын арыйар туругу, иэйиини ке5улуур, уерэтиллиэхтээх айымньыга интэриэьи са5алыыр кыа5ы, олохпут араас кэмнэрин хабар историческай быьаарыыны биэрэр дириц билиини, хас биирдии персонаж оло5ор, характерыгар ураты бол5омтолоохтук сыьыаннаьар дьо5уру, идэни баьылаабыт буолуохтаахтар.
Мин оскуола5а улэлээбитим 19 сыл буолла. Улэлиирим тухары, уерэнээччим уйул5атын уерэтэн, кини ис кыа5ар сеп тубэьиннэрэн, бэйэтин личность быьыытынан иитиллэн тахсыытыгар бол5омтобун уурабын. Кини уруокка бэйэтин тус кыа5ын арыйан улэлииригэр усулуобуйа олохтуубун.
Аныгы бириэмэ ирдэбилигэр сеп тубэьэр иитии-уерэтии араас ньыматын билэн-керен баьылааьын,сацаттан-саца хайысхалары,опыты булан бэйэ улэтигэр туьаныы уонна ону салгыы сайыннарыы –бугуццу улэм ирдэбилэ буолар.Ол курдук саца педогагическай технологиялары, ИКТ-ны, интеграцияны туьаныы о5о суруйар, айар дьо5уругар, ситимнээх санатын сайыннарыыга сана хайысхаларынан буолаллар.Ол иьин хас биирдии уруокпар уерэнээччи интэриэьин тардар араас ньыманы киллэрэн, литература5а тапталы, умсугутууну тиэрдэ сатыыбын.
Тереебут тылын таптыыр, санаабытын толору хомо5ойдук этэр-тыынар, санарар-инэрэр, уус-уран литератураны умсугуйан аа5ар, аахпытын тус оло5ор туьанар, тобулла5ас толкуйдаах, утуе сиэрдээх-майгылаах, улэ5э -уерэххэ дьо5урдаах, дьулуурдаах ыччаты иитии улэм сурун соругунан буолар. Оттон элбэ5и аа5ар эрэ киьи норуотун олорон ааспыт оло5ун,исторятын литератураттан билэр. Онон литература уруога кинигэ5э тапталы иитии, аахпыт айымньытын толкуйдуу, ырыта уерэнэригэр , кинигэ аа5ыытын культуратын баьылыырыгар олук буолар. О5о литератураны аанньа аахпат буолуута билинни куннэ5и олохпут биир актуальнай проблематынан буолар. Угус о5о телевизор, интернет коруутугэр бириэмэтин ыытар, иллэн кэмин туhата суох атаарар. О5о кыра сааhыгар аа5арга ба5ата,интэриэьэ суох, дууhата кураанах буолла5ына, куhа5ан дьаллыкка ылларымтыа буолар кутталлаа5ын улуу педагог В.А.Сухомлинскай тоhо5олоон бэлиэтээбитэ. Кырдьык, кинигэ эрэ ненуе о5о бэйэтин ейун, чувствотын сайыннарар, сиэр-майгы еттунэн олоххо бигэ керуулэнэр, бэйэтин бэйэтэ сыаналана уерэнэр, иитиллэр. Кинигэни дьаныhан аа5арга уерэтии – олох олорорго уерэтии диэн мээнэ5э этиллибэт. Кинигэни аа5арга библиотека сурун миэстэни ылар. Уерэнээччи аа5аар интэриэhин олохсутуутуга о5о библиотеката уонна литература учуутала биир ситимнээх улэлиирбит буолар. Ол иьин библиотекары кытта о5ону аа5ааччы быhыытынан сайыннарарга биирдиилээн, беле5унэн улэ ньымаларын туттабын. Хас биирдии о5ону теhе кинигэни аахпытынан кэтээн керен, аахпыт кинигэтинэн тугу туhаммытын,о5о бэйэтин санаатын кецуллук этэрин, айар, толкуйдуур дьо5урун сайыннарар соруктаах араас хайысхалаах улэлэри ситимнээн ыытабыт. Аа5ыы дневнигэр хас биирдиилэринэн литератураны аа5ыыларын сылынан графическай бэлиэтээhин оцоробут. Бу улэбит хас биирдии о5онон кэтээн керен, кини интэриэhин, туохха дьо5урдаа5ын, ханнык идэ5э тардыhарын билэргэ кемелеех. Кини кинигэни аа5арга куhэллиитин дуу, тардыhыытын дуу, аа5ааччы быhыытынан интэриэhэ уларыйыытын кэтээн керебут. Библиотекарь уонна литература учуутала биир сыаллаах улэлииллэрэ о5ону аа5ааччы быhыытынан сайыннарарга, аа5ыы культуратын инэрэргэ, олоххо бэйэтин септеех суолун булунан тахсарыгар улахан суолталаах. Кинигэни аа5ыытын кэтээн керуу о5о интеллектуальнай сайдыытын, личность быhыытынан иитиллэн тахсарыгар олук буоларын билэргэ туhалаах. Кэтээн кердеххе, аа5ар о5о научнай-практическай конференцияларга, айар улэ, хоьоон аа5ыы, тыл этии (куолу) конкурстарыгар ситиьиитэ баьаам, экзаменна ейтен суруйууга тылын саппааьа баай, тылынан туттарыыга билиитэ киэц, элбэ5и аахпыта кестер буолар.
О5о5о аа5ыы культуратын ицэрэргэ литература уруога улахан оруолу ыларын саарбахтаабаппын. Онон хас биирдии уерэнээччим ис уйул5атын уьугуннаран, кини олоххо бэйэтин септеех суолун булунар, уерэхтээх, идэлээх учугэй киhи иитиллэн тахсарыгар,бэйэтин личность быьыытынан сыаналанарыгар иитэрбин - уерэтэрбин ханнык да тугэццэ умнубаппын.
|